Бугун Саха сирин ийэлэрин уонна Арассыыйа5а А5а кунун бэлиэтиир тэрээьиммит ураты тыыннаах ыытылынна. А5а уонна Ийэ куннэрэ биир кэмнэ тубэспитэ бэйэтэ биир бэлиэ тугэн. Ол курдук, о5ону иитиигэ-такайыыга тороппуттэр – ийэ уонна а5а сункэн сабыдыаллаахтар. Ийэ барахсан о5отун оруу комускуур, сылаас сыьыанынан, кыьамньытынан, утуо тылынан угуттуур, Ийэлэрбит мунура суох тапталларынан биьиги улаатабыт, сайдабыт, олоххо бэйэбит суолбутун кордоон булабыт, тупсабыт уонна урдуккэ дьулуьабыт. А5а уунэр колуонэ5э А5а дойдуга тапталы, тулалыыр эйгэ5э харыстабыллаах сыьыаны инэрэр, эр санаалаах буоларга, Ийэ дойдуну таптыырга, дьоьун киьи, дьиэ кэргэн бигэ тирэ5э буоларга иитэр-такайар. Дьоллоох киьини иитэн таьаарыы, куттала суох уонна нус-хас эйгэлээх дьиэ кэргэни тэрийии уонна сайыннарыы – хас биирдии тороппут анала. Ол онно оло5уран, бугунну «Алаас оонньуулара» тэрээьиммит суруннээн дьиэ кэргэн эйгэтин тупсарыыга, сайыннарыыга ананна. Тороппуттэр 7 араас сахалыы остуол оонньууларыгар курэхтэстилэр: «Сиэри-туому тоьо билэ5ин?»тургутук, «Ойор отоннор», «Биэс ойбон», «Саьаан», «Тут-уур», «Эрийии», «Куорчэх ытыйыы». Тэрээьиннэ кэлбит ийэлэрбит, а5аларбыт о5о саастарын санаан, кулэн-уорэн, олус сэргэхсийдилэр. Тумуккэ саамай элбэх баалы ылан, эдэр ийэ Кельбинова Е.Н. кыайыылаа5ынан та5ыста! Кырачаан о5олорбут кунду тороппуттэригэр анаабыт э5эрдэлэрин долгуйа иьиттилэр, олус диэн дуоьуйдулар! Бугунну тэрээьин уорэтии сыаллаах ыытылынна, онон салгыы бу маннык интэриэьинэй сахалыы остуол оонньууларын бутун дьиэ кэргэнинэн тумсэн салгыахтара диэн бук эрэнэн туран, чэгиэн доруобуйаны, чугас уонна аймах билэ дьону кытта дьоллоох оло5у, дьиэ кэргэннэ сылаас истин эйгэни, уйэлэргэ утумнаах уонна бигэ тирэхтээх буолууну ба5арабыт!
Опубликовано: 18.10.2024