Бүгүн оҕолордуун Антоновкаҕа Тыалыкы уулуссаҕа бэйэ дьыалатын арынан дьиэтээҕи дьоҕус зоопарк тэринэн үлэлии - хамсыы сылдьар Григорьев Дмитрий Егоровичка ыалдьыттаатыбыт, зоопарк үлэтин билистибит, кыыллары- харамайдары тутан - хабан көрдүбүт, хаартыскаҕа түстүбүт. Зоопаркабыт өссө кэҥээри үлэ- хамнас буола сылдьалларын көрөн үөрдүбүт, саҥа кыыллар- харамайдар кэлбиттэр эбит: удавтар, питоннар, гиккон ящерица, эублефардар, павлиннар, хара саһыл. Григорьевтар дьиэ кэргэттэригэр инникитин үлэлэрэ хамнастара өссө кэҥии, сайда туралларыгар баҕабытын махтанан туран эттибит!
Опубликовано: 01.08.2024