Хас биирдии төрөппүт, оҕотун саҥатыгар улахан болҕомто ууруохтаах. Иитии үлэтэ, оҕо ийэтин иһигэр сылдьарыттан саҕаланар. Оҕотун иhин имигэр илдьэ сылдьар ийэ токсикозтуура, гемоглобина үрдүүрэ -намтыыра, хаанын баттааhына түһэрэ-тахсара, араас вируснай ыарыынан ыалдьара, травмаланара, куттал суоhуура, араас мөкү быhыылара (вредные привычки) ити барыта төрүү илик оҕо, тыла сайдыытыгар оруолу оонньуур диэн оҕо тылын, тылын аппаратын уйулҕатын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. 24 нэдиэлэтиттэн оҕо тыаска реакциялыыр буолар, ол иһин элбэхтэ классическай намыын, наҕыл музыканы иһитиннэрии көдьүүстээх. Оҕо төрөөт ытыыра, ийэтин эмиийин эмэрэ, ыстыы үөрэнэрэ - барыта оҕо инникитин саҥарарыгар туһалаах (артикуляциятын былчыҥа, связката, тыҥата сайдар). 1-2 саастаах оҕолор, холобур «билигин аһыахпыт», «таһырдьа тахсыахпыт», «аҕал» диэн тыллары өйдүүр. Массыына «би-би”, кукула “ля-ля”, оҕо “ньээньэ” диэн уларытан саҥарар. Кыыллар саҥаларын үтүктэр, хамсаныыларын көрдөрөр. (тылын саппааһа 30-300) 3-4 саастаах оҕолор мин, эн диэн арааран биирдии этиинэн кэпсэтэр буолаллар. Бу таҥас, иһит, оонньуур диэн араарар буолаллар. (тылын саппааһа 800-1500) 4-5 саастарыгар хоһооннору, остуоруйалары сэргээн истэн истэр буолаллар, интонацияны үтүктэр буолаллар. (тылын саппааһа 1900-2200) 6-7 саастарыгар тыла толору сформированнай буолуохтаах. Бэйэлэрэ кэпсээн айар буолаллар, дьүһүнүн, хайдах туттубутун-хамсаммытын, интонациятын барытын кэпсииллэр. (Тылын саппааһа 4000). Кэнники бириэмэҕэ куһаҕаннык саҥарар оҕо элбээн, оҕом тоҕо үчүгэйдик саҥарбатый диэн боппуруос сытыытык турар. Онон, төрөппүттэргэ маннык сүбэ туhалаах буолуо. 1.Оҕону кытта кэпсэтэргитигэр ыксаабакка, бытааннык уонна чуолкайдык саҥарын. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран төрөппүт холобур буолар. 2. Оҕоҕутун кытта ханна да буолларгыт кэпсэтэ сылдьын: таннар кэмигэр, сыгынньахтанарыгар, ас буһараргытыгар, дьиэ уот хомуйаргытыгар, уулуссанан хааман иһэн, маҕаһыыҥҥа уо.д.а. Холобур прогулка кэмигэр маhы, сибэккини, чыычааҕы, сиргэ түспүт сэбирдэхтэри, массыыналары көрөҥҥүт ырытыһын. 3. Тылын саппааһын уонна толкуйун сайыннарарыгар кэпсээннэ уонна остуоруйата ааҕын. 4. Кэпсэтэргитигэр биир тэҥҥэ кэпсэтин, ол эбэтэр о5о санатын үтүктэн кэпсэтимэн, сыыһа саҥардаҕына көннөрөн саҥардыҥ. 5. Олох кыра оҕоҕо ыарахан дорҕооннору үөрэтэ сатааман. 6. Элбэх боппруоста биэрин «Тугуй бу?», «Хайдах дьүһүннэҕий?», «Тугу гына сылдьарый?» уонна да атын. 7. Логопед, отоларинголог консультацияларыгар сылга биирдэ сылдьын. Тоҕо диэтэххэ оҕоҕут саҥатыгар үөрэнэн хаалан бол5ойбот буолуоххутун эмиэ сөп. 8. Өскөтүн оҕоҕут логопедка дьарыктанар буоллаҕына, тэҥҥэ үлэлэһин. Ол о5о санарарыгар көдьүүстээх. •Оҕолоргутун таптаан, оҕоҕут саҥатыгар тулуурдаах уонна болҕомтолоох буолун.
Опубликовано: 04.06.2024