Ыам ыйын күүтүүлээх күнэ, саха күөххэ үктэнэр кэмэ Ньукуолун күнэ бүгүн!!! Сахаларга бу күн саҥа дьыл күнүнэн ааҕыллар. Алгыстаах алаадьы, саламаат, кус миинэ иһэр кэм бүгүн. Кэҕэ этэр, мутукча көҕөрөр,ньургуһун тыллар, күөх от бытыгырыы үүнэр, күөрэгэй дьырылас ырыата самаан сайыммыт кэлбитин биллэрэр. Бүгүн «Ньукуолун күнүнэн, сайын кэлбитинэн!», диэн тэрээһин оройуон библиотекатын специалиһа Васильева Юлия Андреевна уонна «Байар» кооператив технолога Николаева Мариника Николаевна кыттыылаах балаҕаммытыгар ыыттыбыт. Минньигэс астаах поварбыт Саргылана Николаевна буһарбыт алаадьытын оҕолор бэйэлэрэ ытыйбыт күөрчэхтэригэр уймаан үөрэ-көтө сиэтилэр. Юлия Андреевна оҕолорго таабырыннары таайтарда. Дьэ ол кэнниттэн сахалыы оонньууларга бэрт сэргэхтик кытыннылар. Бу күн өссө сылын аайы буоларын курдук, доҕотторбут, РЭС үлэһит уолаттара 15 кус аҕалан биэрэн оҕолор минньигэс миин астына истилэр. Ону таһынан өссө элбэх оҕолоох ыалларга кэһии гынан биэрдибит. Махтал, алгыс бастыҥа кэрэ дьоммутугар!
Опубликовано: 22.05.2024