Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн - таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ, модун уонна дьоллоох дойду бөҕө тирэҕэ буолар. Бүгүн биһиги кииммитигэр "Дьиэ кэргэн - дьол биһигэ" диэн истиҥ көрсүһүү буолла. Лазарева Р.И., элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн тапталлаах ийэтэ, эбээтэ, Ньурба куоратын бастыҥ общественнига уонна Туяра уонна Иван Михайловтар - элбэх оҕолоох эдэр ыал, урбааньыттар оҕону иитиигэ, дьиэ кэргэн тутулугар көрүүлэрин, опыттарын кэпсээтилэр. Розалия Ильинична оҕолорун сиэннэрин иитиигэ үлэнэн иитиитин туһунан олус итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ уонна дьиэтээҕи коллекцияларын көрдөрөн сөхтөрдө.Михайловтар дьиэ-кэргэҥҥэ өйөһүү, сүбэлэһии баар буоллаҕына, туох барыта кыалларын мустубут төрөппүттэргэ билиһиннэрдилэр. Психолог Тимофеева С. Ю. оҕо оонньоон улаатар,сайдар диэн өй үлэтин эрчийэр оонньуулары, төрөппүттэргэ оонньотон көрдөрдө. Куннээҕи түбүктэн быыс булан, биһиги ыыппыт тэрээһиммитигэр, кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. Баҕарабыт дьиэ-кэргэҥҥитигэр өрүү эйэ, таптал сылааһа сыдьаайдын.
Опубликовано: 18.05.2024