Бүгүн МТ баһылыктарыгар, кинилэр солбуйааччыларыгар уонна олохтоох дьаһалталар исписэлиистэригэр анаан, «2024 с. нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин эйгэтигэр сүрүн уларыйыылар тустарынан» тиэмэҕэ сэминээр-сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыыттыбыт. Судаарыстыба бэлиитикэтин биир саамай суолталаах хайысхатынан дьону-сэргэни социальнай өттүнэн өйөөһүн буолар. Дьоҥҥо саамай чугас былаас таһыма буоларбыт быһыытынан, дьоҥҥо сокуонунан көрүллэр көмөнү, чэпчэтиилэри хайаан даҕаны туһаннарыах кэриҥнээхпит. Олохтоох дьаһалталар миэстэтигэр ким туох кыһалҕалааҕын истэ-билэ олороллор. Быйыл Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэҕэ 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон маҥнай ыал буолалларыгар көмө саҥа көрүҥэ олохтонно. Уруккуттан баар төлөбүрдэр кээмэйдэрэ үрдээтэ, итиэннэ кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Быйыл улууска 5 оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарыыга социальнай төлөбүргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи реестргэ 147 ыал турар.
Опубликовано: 16.02.2024