Бүгүн олунньу 13 кунугэр биhиги Өрөспүүбүлукэбитигэр "Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик" күнэ бэлиэтэнэр.

Бүгүн олунньу 13 кунугэр биhиги Өрөспүүбүлукэбитигэр "Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик" күнэ бэлиэтэнэр. Төрөөбүт төрүт тыл хайа баҕарар норуот үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү баайа. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн биhиги Кииммитигэр оҕолор, үлэhиттэр уонна Убайаан библиотекатыттан Юлия Андреевна кыттыылаах бэрт сэргэх тэрээhин буолан ааста. Оҕолуун - улаханныын сахалыы таҥнан-симэнэн, остуол тула олорон ирэ - хоро кэпсэтэн, сахалыы оонньууларбытын оонньоон - көрүлээн үөрдүбүт-көттүбүт. Оҕолорбут бэлэмнээбит төрөөбүт төрүт тыл туhунан хоhооннорун уонна хомоҕой тыллаах Олоҥхону бырааттыы Айаана уонна Аман Сидоровтар толорууларыгар истэн дуоhуйдубут. Саха киhитэ тыллаах буол, уу сахалыы толкуйдаах буол, диэн туран, Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин "Ийэ тыл" күнүнэн эҕэрдэлиибит!

Опубликовано: 13.02.2024

Работает на Creatium