Бүгүн тохсунньу 31 күнүгэр Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо сылларыгар аналлаах «Ньурбатааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго көмөнү оҥорор улуустар икки ардыларынааҕы кэлим киин» биир дойдулаахпыт Марианна Васильевна Алексеева салайааччылаах элбэх оҕолоох уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор ийэлэрэ, Хаҥалас нэһилиэгэр ыалдьыттаатылар. Аан маҥнай В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сырыттылар. Түмэл салайааччыта Зинаида Васильевна Анисимова кэлбит ийэлэргэ тумэл үлэтин- хамнаһын туһунан билиһиннэрдэ, тумэл экспонаттарын сэҥээрэн көрдүлэр –иһиттилэр. “Алгыс” дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта Е.П. Антонова 3-с сылын үлэлиир «Бурдук –олох төрдө” проект туһунан билиһиннэрдэ. Үүннэриллибит бурдугу хайдах астыыры көрдөрдө, ыалдьыттар былыргылыы суорунаҕа бурдук тардан сүрдээҕин сэҥээрдилэр, ону таһынан анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан нэһилиэк дьахталлара, эбээлэрэ иискэ, оҥоһукка актыыбынай кыттыыны ылалларын кэпсээтэ. “Тойук” норуот аймыньытын дьиэтигэр «Алаас Хотуна» эбээлэр түмсүүлэрин кытта «Истиҥ сэһэргэһии» төгүрүк остуол тула кэпсэтии ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан көрүстүлэр. Герасимова Раиса Семеновна бэйэтин сылаас илиитинэн тикпит быйылгы сыл бэлиэтин уонна эбээлэр түмсүүлэрэ ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар. Ону тэҥэ түмсүү иһинэн араас дьарыктаах эбээлэрбит бэйэлэрин оҥоһуктарынан выставка туруоран, кэлбит ыалдьыттарбыт сөҕө-махтайа көрдүлэр. Оҕо сылын чэрчитинэн уһуйаан кырачаан иитиллээччилэрэ кэлбит ыалдьыттары ырыанан, үҥкүүннэн эҕэрдэлээн көрөөччү биһирэбилин ылан, илии тутуурдаах үөрэн-көтөн таҕыстылар. Дьиэ кэргэн тематыгар аналлаах бэрт сэргэх, интэриэһинэй кэпсэтии, тренинг буолан ааста. Манна кэлбит ийэлэр элбэххэ үөрэнэн, астынан дуоһуйан бардылар. Түмүккэ Марианна Васильевнаҕа маннык сэргэх тэрээһин тэрийэн , кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар Хаҥалас нэһилиэгин аатыттан барҕа махтал тылларын тиэрдэбит. Хаҥалас пресс киинэ.
Опубликовано: 31.01.2024