Саҥа дьылы көрсө биһиги Кииммитигэр түмүктүүр холбоһук аһаҕас дьарыктартан бүгүн бииргэһин иитээччи Василий Русланович уонна уйулҕа үлэһитэ Айина Петровна ыыттылар. Дьарык аата "Бэйэни үөрэтии уонна эт - сиин сахалыы ааттара" диэн.Дьарык сахалыы тыыннаах ыытылынна, темата да билиҥҥи кэмҥэ сүрдээх тоҕоостоох. Аныгы кэмҥэ олорор буоламмыт араас гаджеттар үөдүйэннэр, омуктары үтүктүһэн сахалыы толору саҥарар, бэйэлэрин санааларын этинэр оҕолорбут ахсааннара аччаатар аччаан иһэр. Бүгүҥҥү дьарыктан оҕолор мэйии үлэтин кытары билистилэр, араас мэйиини сайыннарар нейро - эрчиллиилэри оҥорон көрдүлэр, мэйии үлэтин, эт - сиин сахалыы ааттарын үөрэтэр ,оҕо өйүгэр өйдөнүмтүө гына бэриллэр ойуулуктары сэргээн көрдүүлэр. Дьарык түмүгэр сахалыы араас эти - сиини хамсатар , эрчийэр өбүгэлэр оонньууларын : кэтэх тардыһыы, бэгэччэктэһии, тобук тардыһыы, атах тэпсиһии оонньоон көрдөрдүлэр.
Опубликовано: 15.12.2023