Бугун бала5ан ыйын 22 кунугэр, Маар нэьилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, Герой Ийэ, Спиридонова Лидия Николаевна бэйэтэ ууннэрбит о5уруот аьыттан, кэккэ улэлэьэр дьиэ кэргэттэрбитигэр иккис сылын кеме уунар.

Сайыммыт барахсан тумуктэнэн Сахабыт сиригэр биир эмиэ туспа кэрэлээх кемус куьуммут ууннэ. Дьон-сэргэ сайын устата кербут-харайбыт уунээйитин, о5уруотун аьын хомуйар кэмэ. "Куhунну киhи кулбутунэн" диэн эс хоhооно туоhулуур. Ол курдук, бугун бала5ан ыйын 22 кунугэр, Маар нэьилиэгин бочуоттаах олохтоо5о, Герой Ийэ, Спиридонова Лидия Николаевна бэйэтэ ууннэрбит о5уруот аьыттан, кэккэ улэлэьэр дьиэ кэргэттэрбитигэр иккис сылын кеме уунар. Ньурбатаа5ы кэлим киин коллективын аатыттан элбэх о5олоох дьиэ кэргэттэргэ бол5омтотун иьин, Лидия Николаевна5а махтанабыт. Дьиэ кэргэнигэр чэгиэн доруобуйаны, чэл туругу, дьолу-соргуну, ба5арабыт! Маннык утуэ, дьонно-сэргэ5э кыhамньылаах дьыала, уунэр кэлуэнэ5э бастын холобур буолар диэн эрэнэбит.

Опубликовано: 22.09.2023

Работает на Creatium