Ыам ыйын 9 кунэ хас биирдии киһиэхэ дирин өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрии ветераннарыгар, тыылга килбиэннэхтик улэлээбит аҕа саастаах дьоммутугар сүгүрүйэбит. Кинилэр биһиги Ийэ дойдубутун эрэллээхтик көмускээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйун бэйэбит эрэ дойдубутугар буолбакка, бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара. Бутун аан дойду историятын хаамыытын уларыппыт, киһи аймах, дьылгатыгар бүтүннүү дьайбыт Улуу Кыайыы суолтата намтаабат, дьон өйугэр-санаатыгар ытык өйдөбул буолан ыччаттан ыччакка бэриллэн иһэр. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Күндү Caxa сирин дьоно! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу нус- баччы уһун олоҕу, ыраас халлааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Опубликовано: 09.05.2023