
Аҕам саастаах киhи күнэ аан дойду таhымыгар 1991 сылтан бэлиэтэнэр. Ол чэрчитинэн алтынньы 3 күнүгэр биһиги тэрилтэ, профсоюз үлэһиттэрэ ытыктыыр, убаастыыр дьоммутугар анаан сэмэй кэһиилэрдээх, дьиэлэринэн сылдьан бэлэхтээтилэр. Аҕам саастаах дьоммутугар кытаанах доруобуйаны, уhун дьоллоох үйэни баҕарабыт! Эhиги олоххутугар үѳрүүлээх күннэр, саҥа ситиhиилэр үксүү турдуннар! Чугас дьоҥҥут тапталынан угуттанан, сэргэхтик олоруҥ!
Опубликовано: 03.10.2025