Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүнэн!
Ытыктабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо уонна күндү биир дойдулаахтарбыт!

ГБУ РС(Я) «НМКЦ ПСД»:
🖼 Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүнэн!
Ытыктабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо уонна күндү биир дойдулаахтарбыт!

«Ньурба улууһа» муниципальнай оройуон Дьаһалтатын уонна улуус Сүбэтин аатыттан Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Бу романтичнай уонна олус үтүө бырааһынньык дьон билиниитин уонна кэрэхсэбилин ылла. Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу, чугас дьонун туһугар кыһамньы – хас биирдии киһи олоҕор тутаах сыаннастар. Итилэр биһиги олохпутун ис хоһоонун байыталлар, дьолу уонна үөрүүнү толору билэрбитигэр, ханнык даҕаны ыарахаттары этэҥҥэ аһардарга көмөлөһөллөр. Чуолаан дьиэ кэргэҥҥэ аҕа көлүөнэттэн эдэрдэргэ духуобунай уонна сиэр-майгы сыаннастара, култуурунай үгэстэр бэриллэллэр.
Биһиги дойдубутугар, ол иһигэр Ньурбабыт улууһугар дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөргө, ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ элбэх оҥоһуллар. Үгүс дьиэ кэргэн категорияларыгар социальнай өйөбүл араас дьаһаллара олоххо киллэриллэллэр. Кыһыл көмүс уонна да атын юбилярдары чиэстиибит. Бастыҥ дьиэ кэргэттэргэ «Таптал уонна эрэллээх буолуу иһин» мэтээллэр туттарыллаллар. Бүгүн улууска Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүн тэрээһиннэрэ Дьиикимдэҕэ Таптал муостатыгар үөрүүлээхтик ыытыллаллар.
Ытыктабыллаах Ньурба улууһун олохтоохторо уонна күндү биир дойдулаахтарбыт! Эһиэхэ барыгытыгар тапталы, дьолу-соргуну, или-эйэни уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

«Ньурба улууһа» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.

Улуус Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Н.М.МИХАЙЛОВА.

Опубликовано: 08.07.2025

Работает на Creatium