«Оҕо оонньоон улаатар»

Саха норуота былыр-былыргыттан омук быһыытынан илдьэ кэлбит төрүт оонньуулара эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыытын туоһута буолар. «Оҕо оонньоон улаатар» диэн саха тылыгар бэргэн этии баар. Оонньуур оҕо кыра эрдэҕиттэн саҥарар саҥата, толкуйдуур дьоҕура сайдар, көрүүтэ-билиитэ, тыла-өһө, уйулҕата, дьону кытары бодоруһа – алтыһа үөрэнэр. Билиҥҥи кэмҥэ оҕо дьиэтигэр оонньуура аҕыйаата, үксүн телефон, телевизор, компьютер дьарыктаах буоллулар. Төрүт оонньуулары дьиэ кэргэн дьиэҕэ түмсэр кэмигэр оҕолуун-улаханныын бииргэ оонньоотоҕуна, оҕо этэ-хаана, өйө-санаата сайдарыгар эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн эйгэтин тупсарарга улахан суолталаах. Онно олоҕуран оҕо интэриэһин тардар уонна өбүгэ оонньуутун сөргүтэр сыаллаах бүгүн оҕолорго бэрт сэргэх тэрээһини ыыттылар биhиги иитээччилэрбит.

Опубликовано: 11.02.2024

Работает на Creatium