Утуо санаа
Социальнай эйгэ5э улэлиир дьон угустэрэ амарах дууьалаах, аьыныгас сурэхтээх, куустээх санаалаах буолаллар. Ол эрэн, атын о5ону бэйэтин дьиэ кэргэнигэр иитэ ылыы, хас биирдии киьиэхэ кыаллар суол буолбатах.
Ол курдук, хас да сыл анараа оттугэр биьиги тэрилтэбитигэр тороппут коруутэ-истиитэ суох хаалбыт орто саастаах кыыс о5ону а5албыттара. Кыысчаан тороппут ийэтэ эрдэ суох буолан, тороппут тапталын ситэ билбэтэх, соптоох усулуобуйа5а иитиллибэтэх буолан, дьонтон тэйиччи туттар, кыайан алтыьан кэпсэппэт, кытаанах майгылаах этэ. Бу кэмнэ биьиэхэ улэтин сана са5алаабыт, бэйэтэ элбэх о5олоох биир улахан дьиэ кэргэн ийэтэ С., улэлиирин тухары бу о5о5о ураты соптоох бол5омтону биэрэн, майгытын уонна киниэхэ сыьыанын табан, устунан бэйэтигэр чугаьатан, ийэлии сыьыан олохтоон, бу кыысчааны иитэ ылар ба5атын эппитэ. Хайдахтаах курдук утуо санааный!
Бу кыысчааммыт С. дьиэ кэргэнигэр иитиллэн, оскуола5а ситиьиилээхтик уорэнэн, кэмигэр анал уорэххэ киирэн, устудьуон буолар дьолун билбитэ. Ол кэмнэр тухары дьонноохпун диэн кэлэн каникулугар сынньанан барара. Уорэ5ин бутэрэн анал идэлэнэн, ыал буолан, о5олонон, дьиэлэнэн-уоттанан, талан ылбыт идэтигэр дьоьуннаахтык улэлии-хамныы сылдьарыттан биьиги сэмээр уорэбит. Билигин тоьо да ыал буолан ыраах олордор, о5отун эбээлээх эьээтигэр диэн ааттаан, ахтыл5аннарын таьааран, ыалдьыттаан бараллара, ииппит дьонно мантан ордук дьол суох буолла5а. Оскотун бу кыысчааны кэмигэр иитэ ылбатах буоллуннар, о5о дьыл5ата хайдах буолуо этэй…..
С. дьиэ кэргэнин курдук утуокэн санаалаах ыал баар буолан, олох ыараханын этинэн-хаанынан билбит кырачаан о5ону дьоьуннаахтык иитэн, оло5ун суолун онорорго олук уурбуттарыгар махтанабыт!
Опубликовано: 30.01.2024